ХАЙДАХ ООННЬУУБУТУЙ?

Оонньуу сыала

Оонньооччу бэриллибит ыйытыыга 10 сөкүүндэ иһигэр 3 хоруйу биэриэхтээх. Холобур: «3 саха остуоруйатын дьоруойун ааттаталаа». Оонньооччу хоруйдуу охсуохтаах.

Оонньууга бэлэмнэнии:

1. Икки эбэтэр хас да киһи оонньуон сөп.

2. Хаартылары булкуйуҥ.

3. Хаартылары остуол ортотугар ыйытыылаах өттүнэн умса ууруҥ.

4. Смартфоҥҥа 10 сөкүүндэлээх таймеры бэлэмнээҥ.

Оонньуу хаамыыта

1. Оонньооччу хаартыны ылар уонна утары оонньооччуга ыйытыыны ааҕар.

2. Ыйытыы бэриллибитин кэннэ, смартфоҥҥа 10 сөкүүндэлээх таймер холбонор.

3. Утары оонньооччу 10 сөкүүндэ иһигэр 3 сөптөөх хоруйу биэриэхтээх.

4. 3 сөптөөх хоруй бэриллэр түгэнигэр — 1 очукуо ылар.

5. 3-тэн аҕыйах хоруйу биэрдэҕинэ эбэтэр сыыһа эппиэттээтэҕинэ, очукуо ааҕыллыбат.

6. Салгыы атын оонньооччу хоруйдуур.

Төһө өр оонньоноруй?

Оонньуу хас биирдии оонньооччу 10 ыйытыыга хоруйдуор диэри салҕанар. Ыйытыы ахсаанын уларытыахха сөп.

Очукуону ааҕыы

Хаарты ыйытыытыгар толору 3 эппиэти биэрии=1 очукуо.

Ханнык түгэҥҥэ оонньооччуга очукуо ааҕылларый:

— 10 сөкүүндэ иһигэр 3 сөптөөх хоруйу биэрдэҕинэ;

— хаарты бу иннинэ атын оонньооччуга түбэһэ сылдьыбыт буоллаҕына, кини эппит хоруйдарын хатылаабатаҕына.

Оонньооччу 1 эбэтэр 2 эрэ хоруйу биэрдэҕинэ, очукуо ааҕыллыбат.

Кыайыы

Оонньуу бүттэҕинэ, оонньооччулар хаартыларын ахсаанын ааҕаллар. Ким саамай элбэх хаартылаах — ол кыайар.

Хомук

100 ыйытыылаах хаарты, оонньуу быһаарыыта.