Төһө даҕаны сүрэҕин-быарын ыгар, кутун-сүрүн кумалыыр ыар сүтүктэннэр, алаастаах тыа адьырҕата олоҕун салҕыыр кыах ылыа, ыйааҕын ыллыгынан толору олоруо дуо? Айылҕа алыптаах эйгэтин кытта алтыһар кыаҕынан, кини тутулун туруулаһар эдэр бөрөлөрү иитэлиэ, ытык сааһыгар тиийиэ дуо?

Кинигэҕэ хара тыа ардай аһыылаахтарыттан бастыҥнара - Аарыма бөрө тыыннаах буолар, утум салҕыыр иһин айылҕалыын, дьоннуун, аар тайҕа араас кыылларынаан охсуһуута, бу орто дойдуга айыллан кэлбит аналын толорон эдэр бөрөлөрү араас түгэннэргэ сырытыннартаан, хотунан-соҕуруунан айаннатан олоххо үөрэтиитэ ойууланар.