Хас биирдии киһи олоҕо ураты суоллаах-иистээх, кэнчээри ыччакка сүбэ-соргу буолар кэс тыллаах. Ону кини сурукка түһэрэн үйэтитэрэ кэрэхсэбиллээх. 

Бу күннүк (дневник) киһи олоҕун үтүөкэн түгэннэрин, чаҕылхай өйдөбүллэрин бэлиэтэнэригэр, билиитин-көрүүтүн, мындыр толкуйун, ыллыктаах санаатын дьиэ кэргэнигэр, чугас дьонугар анаан суруйарыгар туһуланар. Манна баар бэлиэтээһиннэр, ыйытыылар күннүгү толорорго тирэх, сүрэҕи арыйан, бүччүм санааны истиҥник тиэрдэргэ, сааһылаан суруйарга көмө буолуохтара.

Кэнэҕэһин бу илиинэн суруйуу дьиэ кэргэн, бүтүн аймах тапталынан угуттуур сырдык, сылаас өйдөбүлэ, туохтааҕар да күндү үйэлээх баайа буолуоҕа.


Күннүк түһүмэхтэрэ

• Кимтэн кииннээхпин, хантан хааннаахпын

• Оҕо сааһым ыллыгынан

• Үөрэх-билии суолунан

• Олох аараан аартыгынан

• Айан аргыстаах олох

• Тапталым кута — дьиэ кэргэним

• Олоххо аналым, арыллыым

• Аһаҕас санааларым, төлкөлөөх толкуйдарым

• Олох мындыра. Кынаттаах ыра санааларым


128 сирэйтэн турар, кытаанах тастаах, суруйарга табыгастаах быһыылаах-кээмэйдээх, көмүс тиснениелээх, лясселаах.