Үтүөлээх учуутал М.Е. Охлопкова уонна норуодунай суруйааччы Д.К. Сивцев-Суорун Омоллоон «Букварь» диэн үөрэх босуобуйаларын суруйууга үөрэтэр үлэлиир тэтэрээтэ. Хас да сыллааҕы үөрэх уопута көрдөрөрүнэн бу тэтэрээт үөрэтэр ньымата: суруйар дьоҕуру судургутук уонна түргэнник сайыннарар; илиини, тарбаҕы эрчийэр; сөпкө суруйуу бастакы олуктарын иҥэрэр.