Саха халандаарынан 2027 сыл — ААН АЛАХЧЫН ХОТУН сыла.

Аан Алахчын үүнээйилэри, кыыллары, көтөрдөрү араҥаччылыыр. Кини Иэйиэхсит күүһүн айылҕаҕа биэрэр. Олорор сирэ ытык сир буолар. Кини Эрэкэ-дьэрэкэ оҕолордоох. Аан Алахчын киһиэхэ киирэн, киһини оту-маһы, кыылы-көтөрү, үөнү-көйүүрү кытта сибээстиир. Айыы киһитин көрө-истэ, араҥаччылыы сылдьар, дьоҥҥо чугас. Куһаҕан майгыттан, быһыыттан кэлэйэр, киэр хайыһар. Онон аламаҕай Айыыбытыгар сүгүрүйэ, үҥэ-сүктэ сылдьыахтаахпыт. 

Свиток «Сыллар сахалыы ааттара» сиэрийэни салгыыр, холустаттан уонна мастан оҥоһулунна, биллэр норуот маастара Василий Андросов туос хартыынатыттан түһэрилиннэ, кээмэйэ 30х40 см.