Саха ыалын халандаара 2025

«Саха ыалын халандаара» олохтоммут үгэс быһыытынан сылын аайы Саҥа дьыл үүнүүтэ үгүс ыалга үтүө ыалдьыт, сэргэх сэһэнньит буолан киирэн, сонунун, кэпсээнин саҕалыыр.

Хас биирдии киһи бу халандаарга туох эрэ саҥаны, сонуну буллун, билбэтин биллин, истибэтэҕин иһиттин диэн наардаан таҥабыт, инники сылларга суоҕу киллэрэн, этиллибэтэҕи иһитиннэрэн ааҕааччыларбытын соһутар, сэҥээрдэр уонна үөрдэр санаалаах оҥоробут. Ол курдук быйылгы халандарага сыл бэлиэ түгэннэрэ, үбүлүөй дааталара, сүбэлэр, ас эрэсиэптэрэ, күн-дьыл хаамыыта, сиэр-туом, ырыа-хоһоон, барҕа алгыстар, сулустар тугу кэпсииллэрэ, остуоруйалар, о.д.а. таҥыллан киирдилэр. Саҥа 2025 сылга саха литэрэтиирэтэ төрүттэммитэ 125 уонна Улуу Кыайыы 80 сыллара бэлиэтэнэр.

Ытыс саҕа да буоллар олох бары эйгэтин хабар, сойбот сонуннаах, кэрээбэт кэпсээннээх, ис сүрэхпититтэн кыһаллан эһиэхэ анаан таһаарбыт  халандаарбыт саха сайдам ыалын арахсыспат аргыһа буоллун, күннээҕи олоххор-дьаһаххар көмөлөстүн-туһалаатын диэн баҕа санаабытын тириэрдэбит!

Хас биирдии үүнэр күҥҥүтүн үөрэ-көтө көрсүҥ, сырдыгынан сыдьаайан, ырааһы ыралаан, саҥа сылга чөл куттаах, бигэ туруктаах, итии эркиннээх, иллээх-эйэлээх буолуҥ диэн алгыс тылбытын этэбит!

Үүммүт сыл бэлиэ күнүн хроникатын СӨ Национальнай бибилэтиэкэтин библиограба Николаева С.Р. бэлэмнээтэ. Халандаар таһын Светлана Красильникова ойуута киэргэттэ.


Общее
Вес в кг. 0.12
Размеры в мм. ШxВxТ 77x115x30
Год выпуска 2024
Обложка мягкий
Язык якутский

Написать отзыв

Примечание: HTML разметка не поддерживается! Используйте обычный текст.
    Плохо           Хорошо

Саха ыалын халандаара 2025

  • Наличие: Есть в наличии
  • 250р.
  • 225р.