Семен Андреевич Новгородов аатынан «Айар» кыһа сахабыт сайаҕас дьонугар — эһиэхэ анаан истиэнэҕэ ыйанар, быһыллар  «Саха ыалын халандаарын» таһаарбыта номнуо 22-с сылыгар барда. Бу сыллар тухары үтүө сонун аргыстаах, кэрэ кэпсэл кэһиилээх үгэс быһыытынан Саҥа дьылы көрсө үгүс саха ыалын дьиэтигэр мааны ыалдьыт, сэргэх сэһэргэһит буолан киирэн, күннэтэ сонунун ыһа-тоҕо үллэстэр. 

Быйылгы халандаарга эмиэ сахабыт дьонугар туһалаах, кэрэхсэбиллээх буолаарай диэн саҥаттан саҥаны, сонунтан сонуну бэлэмнээтибит. Ол курдук, оҕуруотчукка сүбэллэр, өбүгэбит олоҕун-дьаһаҕын туһунан чахчылар, сиэр-майгы, минньигэс ас ырысыаптара, түүлдьүт, үһүйээннэр, түбэлтэлэр, хоһооннор, чабырҕахтар, ырыалар, Өксөкүлээх Өлөксөй 150 сылын көрсө айымньыларыттан быһа тардыылар, дойдуга биллэриллибит география сылын көрсө тиэрмин тылдьыта, о.д.а. ис хоһоонноох рубрикалары киллэрдибит. Биһиги кыһабытынан араас кэмҥэ тахсыбыт кинигэлэртэн киирбит быһа тардыылар дьон сэҥээриитин ылыахтара дии саныыбыт. 

Саҥа сыл – саха халандаарынан Аан Алахчын сыла, Илиҥҥи халандаарынан – Коза сыла үгүс үтүөнү тосхойдун, уйгуну-быйаҥы аҕаллын! 

Үүммүт сыл бэлиэ күнүн хроникатын СӨ Национальнай бибилэтиэкэтин библиограба С.Р.Николаева бэлэмнээтэ. Халандаар таһын Т.Ю. Хоноехова-Стручкова ойуута киэргэттэ.