Саха төрүт өйдөбүлүнэн уонна халандаарынан, 2027 сыл — Аан Алахчын Хотун сыла. 

Аан Алахчын үүнээйилэри, кыыллары, көтөрдөрү араҥаччылыыр. Кини Иэйиэхсит күүһүн айылҕаҕа биэрэр. Олорор сирэ ытык сир буолар. Аан Алахчын киһиэхэ киирэн, киһини оту-маһы, кыылы-көтөрү, үөнү-көйүүрү кытта сибээстиир. Дьону-сэргэни көрө-истэ, араҥаччылыы сылдьар. Куһаҕан майгыттан, быһыыттан кэлэйэр, киэр хайыһар. Онон аламаҕай Айыыбытыгар сүгүрүйэ, үҥэ-сүктэ сылдьыахтаахпыт.

Халандаар ойуута биллэр норуот маастара Василий Андросов туос хартыынатыттан түһэрилиннэ.