БАЙАНАЙДААХ ДЬААРБАҤКАҔА ЫҤЫРАБЫТ!

Күндү ааҕааччыларбыт! 


Сэтинньи 27 күнүгэр «Айарга»Байанайдаах ыйы түмүктүүр улахан ДЬААРБАҤКА буолуоҕа.


Бу ый устата «Айар» бары маҕаһыыннарыттан 1500 сууматтан үөһэ атыылаһаҥҥыт киис жетоннары хомуйбут эбит буоллаххытына, ДЬААРБАҤКА кэмигэр ЭБИИ чэпчэтиигэ атастаһаҕыт эбэтэр сыаналаах бириистэри ООННЬОТУУГА кыттаҕыт. Оонньотуу дьаарбаҥка кэмигэр уонна ВКонтакте бөлөхпүтүгэр https://vk.ru/ayar2022 18:00 ч. буолуоҕа. 


Оонньотууга ханнык бириистэр баар буолалларый?


- «Сардаана» фабрикаттан шубаҕа 30000 солкуобайга сертификат 

- «Унты здесь» маҕаһыынтан этэрбэскэ 25000 солкуобайга сертификат 

- «Фортуна» салонтан бэргэһэҕэ 10000 солкуобайга сертификат 

- «Успех+» автошколаттан үөрэххэ 20000 солкуобайга сертификат

- «Ночная охота» маҕаһыынтан банаар 

- «Беневита» сынньалаҥ кииниттэн саунаҕа, бассейҥҥа 10000 солкуобайга сертификат 

- «Айар» кыһаттан 3000 уонна 5000 солкуобайга сертификаттар. 


Бу эрэ күн эһигини улахан чэпчэтиилэр күүтэллэр:


- «Айар» кинигэлэригэр -50% (саҥа таһаарыыларга эмиэ);

- Остуол оонньууларыгар -50%;

- Сувенирга -30%; 

- Таҥаска уонна аксессуардарга -30%; 

- Босхо кэриэтэ кинигэлэрдээх шведскэй остуол. 1500 солкуобайга 7 араас кинигэни ылыаххытын сөп;

- Партнер-хампаанньалартан атыы-тутуу. Тоҥ балык, Саха сирин отонноруттан оҥоһуллубут араас ас уо.д.а. удамыр сыананан атыыланыахтара. 


Атыы-тутуу таһынан атын тэрээһиннэр эмиэ баар буолуохтара.  

Ол курдук, 14:00-17:00 ч уйулҕаһыт, көрбүөччү Альбина Николаевна Саввинова-Кыталыына баҕалаахтары санааларын ыраастаан, алгыстаан, күүһүрдэн биэриэҕэ. Кыталыына уйулҕаһыт идэлээх, Арассыыйа эмчиттэрин конфедерациятыгар (Москва) үөрэммит, 2016 сыллаахха «Саха сирин экстрасенстара»күрэххэ үһүс миэстэни ылбыт. Кини дьон кыһалҕатын истэн быһаарар, санааны дьэҥкэрдэр, суолу аһар, сүбэ-ама биэрэр. Сиһилии кини туһунан «Айыылартан айдарыылаахтар, өбүгэлэртэн көҥүллээхтэр»кинигэттэн ааҕан билиэххитин сөп.

Көрү-нары сөбүлүүр ыалдьыттарбытын «Ойбон» (корнхол) уонна «Бэргэн ытыы» (дартс) оонньуулар күүтэллэр. Кыайыылаахтар бэртээхэй бириистэри тутуохтара. 

БУ ДЬААРБАҤКАҔА кэлэн атыыласпыт ыалдьыттарбытын бэлэҕэ суох ыыппаппыт. 

«Саха ыалын 2027 сыллааҕы халандаарын», «Ыһыах» остуол оонньуутун, «Сиэр-туом, алгыстар», «Өбүгэбит олоҕо-дьаһаҕа» кинигэлэри эбэтэр минньигэс бэлэхтэри (торт/птичье молоко сакалаат) талан бэлэх тутан барыаххыт. 

Сэтинньи 27 күнүгэр Покровскайдыыр тракт 7 км 6/1 дьиэтигэр 9:00-19:00 ч. БАЙАНАЙДААХ ДЬААРБАҤКАҔА күүтэбит! 


Кэлиҥ, кыттыҥ, үөрүҥ-көтүҥ, дуоһуйуҥ, бэлэхтэргитин эрдэттэн барыыстаахтык хааччыныҥ!

ПОЛОЖЕНИЕ