Эдьиий Доралыын көрсүһүү
30 ноября 2021
Айылҕаттан айдарыылаах, ураты дьоҕурдаах Кобякова Федора Иннокентьевна – Эдьиий Дора бу күннэргэ “Айар” кинигэ кыһатыгар ыалдьыттаата.
Кинигэ кыһата ыытар үлэтин-хамнаһын кытта билистэ, Россия, Аан дойду таһымыгар тахсар кыахтаммытын биһирээтэ.
Бу көрсүһүүгэ Эдьиий Дора олох сайдыыта ханнык хайысханан баран иһэрин, онуоха саха норуота хайдах тэринэн-дьаһанан олоруон сөбүн, Айылҕа итэҕэллээх саха омук айылҕаны арчылыыр сиэрин-туомун туһунан бэйэтин санаатын, көрүүлэрин уллэһиннэ. Үгүс сүбэлээх-амалаах саҥа кинигэ тахсара торумнанна.