Аан дойдуга саха эрэ омук уус-уран айымньытыгар «Дьыл Оҕуһа», «Тымныы Оҕуһа» диэн ураты дьүһүлгэн баар. Тымныы Оҕуһа Хотугу Муустаах байҕалтан тахсан кыыдааннаах кыһыны Саха сиригэр аҕалар. Дьон-сэргэ кини муостара биир-биир булгу барар күннэрин анаан-минээн бэлиэтиир, күүтүүлээх сылыйыы саҕаланан барар билгэтинэн ааҕар. Аар айылҕа үйэлэргэ олохтообут сиэрэ кэһиллиэ дуо? Өбүгэ номоҕо аныгы кэмниин силлиспит үһүйээнин ааҕыҥ.