Хас биирдии киһи түүн устата эгэлгэ түүлү түһээн арыт үөрэн-көтөн, дьоллонон, арыт ытаан-муҥнанан, баттатан-соһуйан уһуктар. Бу аата тугуй? Түүл диэн биллибэт эйгэ эйиэхэ таайтарыыта дуу, өйүҥ-санааҥ мөккүөрэ түмүллүбүтэ дуу?
Былыр-былыргыттан хайа да омукка түүл ураты суолталааҕа улуу бөлүһүөктэр, учуонайдар, бэйэбитигэр сыһыардахха, чулуу убайдарбыт фольклорга, этнографияҕа, философияҕа үлэлэригэр, дэҥ да буоллар, ырылыччы көстөр. Бу тылдьыт ол матырыйаалларга тирэҕирэн, саха киһитэ бэйэтэ түүлүн тойонноон, эргитэ ырытан, баҕар иннин да тымтыктанан көрөрүгэр, эрдэттэн сэрэнэн-сэрбэнэн сылдьарыгар анаан, аныгы олоххо сөп түбэһиннэрэн таҥылынна.
Хас биирдии түүл тус истээх, туспа домноох. Ол түһүүр киһи бэйэтин өйүттэн-санаатыттан, эргийэр эйгэтиттэн уонна анаарар дьоҕуруттан тутулуктаах.