Хас биирдии төрөппүт оҕото үтүө санаалаах, сайаҕас майгылаах киһи буола улаатыан баҕарар. Бу энциклопедия оҕону сиэрдээхтик иитиигэ көмөлөһүөҕэ. Кыыллар тустарынан остуоруйалартан кини үтүө уонна мөкү санаа, куттас уонна хорсун быһыы, эйэҕэс уонна болҕомтолоох буолуу, онтон да атын быһыы-майгы, сиэр-сигили туһунан билиэҕэ. Кэрэхсэбиллээх сорудахтар уонна көрдөөх хоһооннор билиитин чиҥэтиэхтэрэ.