Оҕо ону-маны толкуйдуур, ырыҥалыыр кэмэ улаатар сааһыгар буолар. Ол – дьикти. Эн, кип-киэҥ билбэт уораҕайгар киирэн, соҕотоҕун муна-тэнэ сылдьарыҥ курдук, олох ис киэбэ оннук эгэлгэ буолар. Ол эрээри хайдахтаах да уораҕайы эн кэрийэ көтөн баран, киирэр-тахсар үүтү-хайаҕаһы бэрт эрэйинэн да буоллар, син буларыҥ кэриэтэ, иннигэр баар хааччахтары булгу туоруоҥ уонна тиһэҕэр кыайыылаах тахсыаҥ. Өскөтүн ийэҥ аттыгар баар буоллаҕына... Итиэннэ үөрэннэххинэ, элбэҕи билэ сатаатаххына...